19.02.2019
Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги
оскуолабытыгар Гуманитарнай МО көҕүлээһининэн (МО салайааччыта Степанова А.В.) Төрөөбүт
тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн араас тэрээһиннэр
буолан аастылар. Ол курдук, нэдиэлэ үөрүүлээх аһыллыытыгар торжественнай
линейка буолла. Оҕолор төрөөбүт тыл туһунан хоһоон аахтылар, С.А. Новгородов
биографиятын уонна сахалыы сурук-бичик үөдүйүүтүгэр киллэрбит сүдү өҥөтүн,
үлэтин туһунан презентациянан көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
Төрөппүттэргэ, учууталларга уонна
оскуола үлэһиттэригэр аналлаах “Саха дьыктаан - 2019” диэн сахалыы дьыктаан
суруйуутугар көхтөөх кыттыыны ыллылар.
7 кылаас үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Федорова Л.Е.) орто уонна үрдүкү кылаас оҕолорун икки хамаандаҕа арааран “Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?” диэн интеллектуальнай оонньууну тэрийэн ыыттылар. Оонньуу түһүмэхтэрин кылаас оҕолоро биир-биир үллэстибиттэр: нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы тылбаас, тылы таайыы, анаграмма оҥоруу, биллэр-көстөр дьону мэтириэттэринэн, бэргэн этиилэри ким эппитин таайыы, сомоҕо домохтор суолталарын быһаарыы, “өйдөө миигин” – уос хамсыырынан оскуолаҕа сыһыаннаах ханнык тыл тахсарын билии түһүмэхтэрин оҕолор көхтөөхтүк оонньоотулар.
“Айхал, Сахам тыла!” диэн Ийэ тыл туһунан
хоһоон айыытын күрэҕэр орто сүһүөхтэргэ Николаев Кюндюл (7 кылаас үөрэнээччитэ)
– 1 миэстэ, Гаврильев Михаил (7 кылаас үөрэнээччитэ) – 2 миэстэ, Дмитриева
Аграфена (5 кылаас үөрэнээччитэ) – 3 миэстэ; үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр
Кылабысов Саид (9 кылаас үөрэнээччитэ) – 1 миэстэ, Семенова Надежда (11 кылаас
үөрэнээччитэ) – 2 миэстэ, Семенов Геннадий (10 кылаас үөрэнээччитэ) – 3 миэстэ
буоллулар.
Кыра кылаас оҕолоругар “Таабырын
төрдө таам татахай баар үһү” диэн таабырын таайсыыта буолан ааста. Иванов
Богдан (2 кылаас үөрэнээччитэ) – 1 миэстэ, Степанов Владимир (4 кылаас
үөрэнээччитэ) – 2 миэстэ, Петров Альберт (4 кылаас үөрэнээччитэ) – 3 миэстэ
буоллулар.
Орто уонна үрдүкү кылаас оҕолоро “Тылы таай” оонньууга бэйэлэрэ хамаанда тэринэн киирэн, олоҥхоҕо сыһыаннаах тыллары таайыыга күрэхтэстилэр. Ол курдук, Семенов Гена “Саамай көрүдьүөс таайтарааччы”, Спиридонова Даяна “Тылы бастыҥ билээччи” номинация хаһаайыннара буоллулар.
12.02.2020
*“Кыайыы чорооно” Иккис Күүлэккэ кэллэ*
Үгүлээт нэһилиэгиттэн “Кыайыы чорооно” 2-с Күүлэт нэһилиэгэр кэлэн, олунньу 12-15 күннэригэр кэтэһиилээх ыалдьыт курдук, “Кыайыы чорооно” нэһилиэк тэрилтэлэринэн: оскуолаҕа, уһуйааҥҥа, балыыһаҕа, ОДьКХ тэрилтэҕэ, кулуупка, почтаҕа, библиотекаҕа, урбаанньыт Мичил Алексеевка, Иван Федотов бааһынай хаһаайыстыбатыгар сырытта.
Нэһилиэк бу күннэри тэрээһиннээхтик оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ көхтөөхтүк атаардылар.
Аҕа дойду сэриитин кэмигэр нэһилиэктэн сэриилэһэр Армияҕа уонна үлэ фронугар барыта 59 киһи ыҥырыллыбыта. Мантан 27 киһи дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ. Тыылга хаалбыт нэһилиэк дьоно Кыайыы иһин тулуурдаахтык үлэлээбиттэрэ, эрдээхтик хоргуйуу сылларын туораабыттара.
Нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, үлэ, тыыл ветераннарыгар: *Федотова Анна Даниловнаҕа*, *Васильев Гавриил Ионовичка*, сэрии сылын оҕолоругар *Кириллина Мария Дмитриевнаҕа*, *Чорохоева Фекла Ивановнаҕа* *“Кыайыы Чороонун”* дьиэлэринэн сырытыннараннар Улуу Кыайыы 75 сылыгар ыытылла турар үлэлэри, улуус сонуннарын кэпсээннэр ветераннары сэргэхситтилэр. Маннык болҕомто ветераннарга ууруллубутуттан, дьиэлэригэр Кыайыы, Эйэ символынан буолбут саха Чорооно сырдыгынан сыдьаайан, күлүмнүү чаҕылыйан киирэн кэлбититтэн Иккис Күүлэт ветераннара бары долгуйбуттарын, үөрбүттэрин биллэрдилэр. “Кыайыы Чорооно” мантан салгыы Бастакы Күүлэттэргэ ыалдьыттыа.