Архив раздела Новости

Вернуться в раздел
2022 2021

Айхал Сахам Тыла!

19.02.2019

          Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги оскуолабытыгар Гуманитарнай МО көҕүлээһининэн (МО салайааччыта Степанова А.В.) Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах нэдиэлэ чэрчитинэн араас тэрээһиннэр буолан аастылар. Ол курдук, нэдиэлэ үөрүүлээх аһыллыытыгар торжественнай линейка буолла. Оҕолор төрөөбүт тыл туһунан хоһоон аахтылар, С.А. Новгородов биографиятын уонна сахалыы сурук-бичик үөдүйүүтүгэр киллэрбит сүдү өҥөтүн, үлэтин туһунан презентациянан көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.

         Төрөппүттэргэ, учууталларга уонна оскуола үлэһиттэригэр аналлаах “Саха дьыктаан - 2019” диэн сахалыы дьыктаан суруйуутугар көхтөөх кыттыыны ыллылар.

         7 кылаас үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Федорова Л.Е.) орто уонна үрдүкү кылаас оҕолорун икки хамаандаҕа арааран “Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?” диэн интеллектуальнай оонньууну  тэрийэн ыыттылар. Оонньуу түһүмэхтэрин кылаас оҕолоро биир-биир үллэстибиттэр: нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы тылбаас, тылы таайыы, анаграмма оҥоруу, биллэр-көстөр дьону мэтириэттэринэн, бэргэн этиилэри ким эппитин таайыы, сомоҕо домохтор суолталарын быһаарыы, “өйдөө миигин” – уос хамсыырынан оскуолаҕа сыһыаннаах ханнык тыл тахсарын билии түһүмэхтэрин оҕолор көхтөөхтүк оонньоотулар.

     “Айхал, Сахам тыла!” диэн Ийэ тыл туһунан хоһоон айыытын күрэҕэр орто сүһүөхтэргэ Николаев Кюндюл (7 кылаас үөрэнээччитэ) – 1 миэстэ, Гаврильев Михаил (7 кылаас үөрэнээччитэ) – 2 миэстэ, Дмитриева Аграфена (5 кылаас үөрэнээччитэ) – 3 миэстэ; үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр Кылабысов Саид (9 кылаас үөрэнээччитэ) – 1 миэстэ, Семенова Надежда (11 кылаас үөрэнээччитэ) – 2 миэстэ, Семенов Геннадий (10 кылаас үөрэнээччитэ) – 3 миэстэ буоллулар.

         Маны таһынан, алын кылаас учууталлара ыыппыт үбүлүөйдээх суруйааччылар хоһооннорунан күрэххэ уопсайа 22 оҕо кыттыбытыттан,  алын кылаастарга 1 миэстэни ылла Спиридонов Радик (2 кыл), 2 миэстэни- Типанов Айтал (3 кыл), 3 миэстэ- Григорьев Эрсан (4 кыл). Орто сүһүөх кылаастарга 1 миэстэни ылла  7 кылаас үөрэнээччитэ- Новицкай Максимилиан, 2 миэстэни- Ефремов Михаил (8 кыл), 3 миэстэни- Дмитриева Аграфена ыллылар. Бу таһынан бөлөҕүнэн ааҕыыга 1 м- 1 кылаас, 2 м- кылаас, 3 м- 6 кылаас.

 Кыра кылаас оҕолоругар “Таабырын төрдө таам татахай баар үһү” диэн таабырын таайсыыта буолан ааста. Иванов Богдан (2 кылаас үөрэнээччитэ) – 1 миэстэ, Степанов Владимир (4 кылаас үөрэнээччитэ) – 2 миэстэ, Петров Альберт (4 кылаас үөрэнээччитэ) – 3 миэстэ буоллулар.

    Орто уонна үрдүкү кылаас оҕолоро “Тылы таай” оонньууга бэйэлэрэ хамаанда тэринэн киирэн, олоҥхоҕо сыһыаннаах тыллары таайыыга күрэхтэстилэр. Ол курдук, Семенов Гена “Саамай көрүдьүөс таайтарааччы”, Спиридонова Даяна “Тылы бастыҥ билээччи” номинация хаһаайыннара буоллулар.

               

День учителя!

05.10.2019

 Биhиги скуолабытыгар учуутал кунугэр аналлаах "Учитель и ученик"  диэн мероприятия буолан  ааста.  Манна 5 учуутал уонна 5 о5о кыттыыны  ыллылар. 

Кросс нации

25.09.2019

Бу нэдиэлэ5э биьиги оскуолабытыгар кросс нации буолан ааста. Оскуола улэьиттэрэ уонна уеренееччилэр буолан суурдубут. Бары к8хт8х кыттыыны ыллылар.

Кыайыы Чороонун көрсүү.

12.02.2020

*“Кыайыы чорооно” Иккис  Күүлэккэ кэллэ*

Үгүлээт нэһилиэгиттэн “Кыайыы чорооно” 2-с Күүлэт нэһилиэгэр кэлэн, олунньу 12-15 күннэригэр кэтэһиилээх ыалдьыт курдук, “Кыайыы чорооно” нэһилиэк тэрилтэлэринэн: оскуолаҕа, уһуйааҥҥа, балыыһаҕа, ОДьКХ тэрилтэҕэ, кулуупка, почтаҕа, библиотекаҕа, урбаанньыт Мичил Алексеевка, Иван Федотов бааһынай хаһаайыстыбатыгар сырытта.Хочу такой сайт

Нэһилиэк бу күннэри тэрээһиннээхтик оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ көхтөөхтүк атаардылар.

Аҕа дойду сэриитин кэмигэр нэһилиэктэн сэриилэһэр Армияҕа уонна үлэ фронугар барыта 59 киһи ыҥырыллыбыта. Мантан 27 киһи дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ. Тыылга хаалбыт нэһилиэк дьоно Кыайыы иһин тулуурдаахтык үлэлээбиттэрэ, эрдээхтик хоргуйуу сылларын туораабыттара.

Нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, үлэ, тыыл ветераннарыгар: *Федотова Анна Даниловнаҕа*, *Васильев Гавриил Ионовичка*, сэрии сылын оҕолоругар *Кириллина Мария Дмитриевнаҕа*, *Чорохоева Фекла Ивановнаҕа* *“Кыайыы Чороонун”* дьиэлэринэн сырытыннараннар Улуу Кыайыы 75 сылыгар ыытылла турар үлэлэри, улуус сонуннарын кэпсээннэр ветераннары сэргэхситтилэр. Маннык болҕомто ветераннарга ууруллубутуттан, дьиэлэригэр Кыайыы, Эйэ символынан буолбут саха Чорооно сырдыгынан сыдьаайан, күлүмнүү чаҕылыйан киирэн кэлбититтэн Иккис Күүлэт ветераннара бары долгуйбуттарын, үөрбүттэрин биллэрдилэр. “Кыайыы Чорооно” мантан салгыы Бастакы Күүлэттэргэ ыалдьыттыа.

Кустовой метод день в селе Усун.

13.02.2020

Патриотизм сылын арыйар линейка.

15.01.2020

27.01.2022

IMG_20220127_114320.jpg

Блокада Ленинграда — военная блокада города Ленинграда (ныне — Санкт-Петербург) немецкими, финскими и испанскими (Голубая дивизия) войсками с участием добровольцев из Северной Африки, Европы и военно-морских сил Италии во время Великой Отечественной войны. Длилась с 8 сентября 1941 года по 27 января 1944 года (блокадное кольцо было прорвано 18 января 1943 года) — 872 дня (включительно с днём начала и конца); встречается и число в 871 день. В литературе и на памятниках, вместо реального значения длительности блокады, также встречается округление — 900 дней и ночей.

Просмотров всего: , сегодня:

Рейтинг: . Оценили: .
Наверх
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих персональных данных. Подробности об обработке ваших данных — в политике конфиденциальности.

ВНИМАНИЕ!

Срок действия лицензии на использования программного обеспечения окончен 28.10.2022.
Для получения информации с сайта свяжитесь с Администрацией образовательной организации по телефону 89681527006

Функционал «Мастер заполнения» недоступен с мобильных устройств.
Пожалуйста, воспользуйтесь персональным компьютером для редактирования информации в «Мастере заполнения».